Киир

Киир

Сылын аайы баччаларга, Буоста аан дойдутааҕы күнүн көрсө, Дьокуускайга Главпочтамҥа 2019 сыл бастакы аҥаарынааҕы сурутуу декадатын арыйар тэрээһин, “Үтүө санаа маһа” (“Дерево добра”) аахсыйа ыытыллар үгэстээхтэр.

“Үтүө санаа маһа” аахсыйа чэрчитинэн ким баҕалаах буоста ханнык баҕарар салаатыгар тиийэн кыаммат-түгэммэт олохтоох ыалга, социальнай көмүскэлэ суох дьоҥҥо-сэргэҕэ эбэтэр оскуолаҕа-уһуйааҥҥа, оҕо дьиэтигэр чэпчэтиллибит сыананан хаһыаты-сурунаалы сурутан бэлиэхтиэн сөп.

Без названия

Быйылгы аахсыйаҕа Ил Түмэн дьокутаата Феодосия Габышева, Гордуума бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Евдокия Евсикова, сибээс, инновациялаах сайдыы миниистирэ Анатолий Семенов, “Кыым” хаһыат эрэдээктэрин солбуйааччы Татьяна Захарова-Лоһуура, “Спорт Якутии” хаһыат эрэдээктэрэ Александр Посельскай уо.д.а. кытыннылар, араас таһаарыыга дьону-сэргэни суруттулар.

Аахсыйа салҕанар. Онон үтүө санаалаах дьон бу күннэргэ буостаҕа тиийэн “Үтүө санаа маһын” өйөөҥ.