Алтынньы 16 күнүгэр Дьокуускайга «Күннээх дойду» оҕо кэнсиэртиир былаһааккатын арыйдылар диэн мээрийэ пресс-сулууспата биллэрэр.
Былаһаакка «Норуот бүддьүөтэ» бырайыак чэрчитинэн ыытыллыбыт «Үтүө санаа маһа» аһымал пуондатын көмөтүнэн олоххо киирдэ. Тутууга 1 мөл. кэриҥэ сууммалаах субсидия көрүлүннэ.
«Былырыын «Норуот бүддьүөтэ» бырайыак чэрчитинэн путбуол хонуутун туттарары ситиспиппит. Быйыл эмиэ кыайаммыт, оҕо былаһааккатын туттардыбыт », - диэн пуонда салайааччыта Петр Константинов .
Быйыл «Норуот бүддьүөтэ» бырайыак ыытар күрэҕэр сайаапканы сэтинньи 1 күнүгэр диэри тутуохтара.