Киир

Киир

Күүкэйгэ 750 гаа сири хааччыйыахтаах лиманнай шлюз-регулятор үлэҕэ киирдэ. Үрдүк үүнүүнү ылыыга олус наадалаах тутуу үөрүүлээх аһыллыытыгар министиэристибэттэн кылаабынай исписэлиис Егор Андреев тиийэ сырытта.

 

шлюз регулятор

Тэрээһиҥҥэ ыҥырыылаах ыалдьыттар, Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев, нэһилиэк баһылыга Федор Федоров уо.д.а. сырыттылар.

Шлюз-регулятор Күүкэйтэн 5 км тэйиччи сиргэ, Тоҥуулаах үрэх саҕаланыытыгар оҥоһуллубут. Бу тутуу Күүкэй эбэ уутун сөптөөх таһымҥа тутары уонна аттынааҕы ходуһалар ууга олоччу барбакка, сөбүгэр угуттаналларын хааччыйыа. Бу иннинээҕи сэбиэскэй саҕанааҕы мас шлюз-регулятор биллэ эргэрбитэ. Эбиитин 1973 с. үөһээ өттө умайан хаалбыта. Ол кэнниттэн күүкэйдэр бэйэлэрин күүстэринэн үрэҕи туоруур мас муостаны туппуттара халаан уутугар алдьаммыта. Балаһыанньаны өйдөөн, ТХМ тутууну саҥардан, тупсаран оҥорууга ылсыбыта.

Бу тутуу көмөтүнэн ходуһа биир гаа сириттэн 22 ц тиийэ үүнүү ылыллыан сөп диэн суоттууллар. Ол түмүгэр сүөһү дороххой аһын баалабай хомуура 1080 т тиийиэхтээх. Бэйэ эбии аһынан хааччыйыы 128% буолара, оттон мелиорацияламмыт сир иэнэ 750 гаанан улаатара ситиһиллиэ. Шлюз-регулятор ууну аһарар кыамтата сөкүүндэҕэ 14,9 м3. Тутуу бөҕө-таҕа буоллун диэн, бетон матырыйаалтан оҥорбуттар. Итини сыанатыгар таһаардахха, 18,896 мөл. солк. тэҥнэһэр. Итинтэн 90 %-нын министиэристибэ нөҥүө судаарыстыба уйунара күүтүллэр. О.э. олохтоох аһы-үөлү бэлэмнээччилэргэ 17 007,29 мөл. солк. бэлэх тэҥэ.

Судаарыстыба бу маннык өйөбүлү “Арассыыйа тыа хаһаайыстыбатын аналыгар туттуллар сирдэригэр мелиорацияны сайыннарыын” хос-бырагыраама чэрчитинэн 2014 сыллаахтан саҕалаан оҥорор. Көмө көрсүллүбүт ночоот кэккэ өлүүскэтин сабыналларыгар диэн, субсидия быһыытынан кэлэр. Маныаха дьиҥ көрсүллүбүт ночоот диэҥҥэ бырайыактыыр уонна бырайыак докумуоннарын бэлэмниир үлэ киирбэтин санатар оруннаах.

Көмө субсидияҕа хапсар туһугар анал куонкуруһу ааһыы ирдэнэр. Үгэс курдук, куонкурус балаҕан уонна алтынньы ыйдарга тэриллэр. Быйылгы сылга мелиоративнай тэрээһиннэри ыытыыга 81,908 мөл. солк. көрүллүбүтүттэн федеральнай киинтэн кэлэрэ 66,908 мөл. солк. Уоннааҕытын өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ уйунар.

   * Күүкэй тыа хаһаайыстыбатын аналыгар туттуллар сирин иэнэ 880,43 гаа буолуохтааҕыттан “Күүкэй” СХЖПК-ҕа тиксэрэ 350,18 гаа. Хаһаайыстыба кыстыгы этэҥҥэ туоруур туһугар сыллата 200 т тиийэ оту атыылаһар. Тутуу сакаасчыта – бу сүөһү иитэр кэпэрэтиип. Бэдэрээтчит тэрилтэ – “Айан-Суол” ХЭУо.

ТХМ пресс-сулууспатын иһитиннэриитигэр олоҕуран Татьяна Захарова бэлэмнээтэ.