Киир

Киир

Сэтинньи 6 күнүгэр “Аэропорты Севера” ФКП “Саккырыыр” саҥардыллыбыт аэропорду үлэҕэ киллэрэргэ көҥүлү ылла. Бу туһунан тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

“Аэропорду саҥардыы чэрчитинэн ГСМ харайар ыскылаат  (240 м³ киэлилээх), хонтуруоллуур-бэрэбиэркэлиир пуун дьиэтэ  тутулуннулар, итиэннэ 2х200 м³ баһаарынай резервуар турда. Маны таһынан, аэропортка куттал суоһаабатыгар дьаһалларга болҕомто уурулунна: патруллуур суол тутулунна, күрүөлэннэ-хаһааланна, видеонан кэтээн көрүү уонна харабыллыырга сырдатыы уота баар буолла”, — диэн иһитиннэрдилэр.

sak

sak1

sak2

sak3

sak4

sak5

Аэропорду саҥардыыга 308 мөл. солк. ороскуоттаммыт, бэдэрээччитинэн “Нордтрансстрой” ХЭУо буолбут. Судаарыстыбаннай хантыраак ааспыт сыл олунньутугар түһэрсиллибитэ.