Киир

Киир

“ЯТЭК” уонна Бүлүү улууһун салалталара социальнай-экономическай хайысханан бииргэ үлэлиир туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттастылар. Хампанньа  улуус олоҕор араас хайысханан көхтөөх үлэни ыыппыта түөрт сыл буолла.  Маннык  бииргэ үлэлиир туһунан  сөбүлэҥ  сыл аайы  баттанар. Бу сыл хампанньа   үлэтигэр төһө да уустуктардаах буолбутун иһин, 2018-2019 сс бииргэ үлэлиир сөбүлэҥ кэмигэр баттанна. 

“Бүлүү улууһун кытта  социальнай, культурнай, экономическай уонна да атын хайысхаларынан үлэлиибит. Биһиги хампанньабыт инникитин даҕаны эрэллээх партнер быһыытынан ситимин быһыа суоҕа”, — диэн генеральнай дириэктэр эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу   Андрей Алексеев иһитиннэрдэ.

Хампанньа  улуус нэһилиэнньэлээх пууннарыгар сааскы халаан уутуттан, баһаартан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо үбүнэн, уматыгынан, техникэнэн, дьон күүһүнэн көмөлөспүтэ.

““ЯТЭК” хампанньа көмөтүнэн Улуу Кыайыы 70 сылыгар анаан, аҕа көлүөнэ хорсун быһыытын үйэтитэн улууспут киинигэр  пааматынньык туруорбуппут. Ону таһынан,   улууска ыытыллар араас тэрээһиннэри,  национальнай бырааһынньыктары ыытарга  хампанньа сүҥкэн күүс-көмө буолар. Үүнэр сылга бу үтүө үгэһи тиһигин быспакка салҕыы үлэлиэхпит-хамныахпыт”, – диэн Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров сырдатта.

Бииргэ үлэлиир сөбүлэҥҥэ муниципальнай оройуон социальнай-экономическай сайдыытыгар тоҕоостоох усулуобуйаны тэрийии, үлэлээх буолуу,  олохтоох нэһилиэнньэ урбаан эйгэтигэр көхтөөх буоларын ситиһии, социальнай көмүскэлэ суох араҥаны өйөөһүн уонна   экологияны харыстааһын киирэр.

Бүтэһик сонуннар