Бэҕэһээ, ол эбэтэр 2018 сыл ахсынньы 2 күнүгэр, 12 чаас 30 мүнүүтэҕэ поэт, публицист, учуутал, сахалартан бастакы тифлопедагог, көрбөттөргө аналлаах сахалыы алпаабыт ааптара, СӨ “Гражданскай килбиэн” бэлиэтин кавалера, СӨ үөрэҕин туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Суруйааччылар сойуустарын дойдулар икки ардыларынааҕы түмсүүтүн, СӨ Суруйааччыларын сойууһун, “Саха сирин суруйааччылара” холбоһук чилиэннэрэ, Иван Николаевич ЕГОРОВ-Иван ГОРНАЙ уһун, ыарахан ыарыыттан 83 сааһыгар сүрэҕэ тохтоото.
Панихида сарсын 11 чаастан “Араҥаска”, Дежнёв аатынан уулусса, 39/3 нүөмэрдээх дьиэтигэр, буолар.
Поэты өйүүн, дойдутугар илдьэн, көмүс уҥуоҕун төрөөбүт ийэ буоругар кистиэхтэрэ.
Иван Николаевич ЕГОРОВ-Иван ГОРНАЙ 1935 с. бэс ыйын биэс күнүгэр Горнай оройуонун Ньурбаҕанчына нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. 1943 с. Өрт сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ, ол эрээри, бэһис кылааска хараҕынан ыалдьан хаалбыта уонна биэс сыл устата дьиэтигэр олорорго күһэллибитэ. 1952 эрэ сыллаахха оччолорго Мэҥэ Хаҥалас Доллутугар баар мөлтөх харахтаах, көрбөт оҕолор оскуолаларыгар, соҕотоҕун айаннаан тиийэн, салгыы үөрэнэр дьолломмута. Орто оскуоланы 1958 с. Бэрдьигэстээххэ Горнай оройуонугар бастакынан кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ уонна ол сыл Ленинградтааҕы Герцен аатынан пединститукка үөрэнэ эмиэ соҕотоҕун айаннаабыта.
Идэтинэн математика учуутала, сахалартан бастакы тифлопедагог. Көрбөттөргө аналлаах сахалыы алпаабыт ааптара. СӨ “Гражданскай килбиэн” бэлиэтин кавалера. СӨ үөрэҕин туйгуна. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
Суруйааччылар сойуустарын дойдулар икки ардыларынааҕы түмсүүтүн, СӨ Суруйааччыларын сойууһун, “Саха сирин суруйааччылара” холбоһук чилиэннэрэ, поэт, публицист.