Хас биирдии киһиэхэ инникитин ханнык идэни баһылыыра тыын боппуруос буолар. Кистэл буолбатах, сорох оҕо идэтин эрдэттэн кыайан быһаарыммакка үгүстүк мунаахсыйар, онтон сылтаан сыыһа суолга да үктэниэн сөп. Идэни талыыга оскуола, төрөппүт сабыдыала улахан оруоллаах. Оттон кэккэ кыһалҕаларынан олохторугар уустуктары көрсөр оҕолорго идэни талыы курдук тоҕоостоох ыйытыы тосхойдоҕуна, бэйэлэрэ эрэ бүгэн хаалаллара баар суол. Онон кинилэргэ кэмигэр сөптөөх көмө оҥоһуллара ирдэнэр.
Онуоха “Воспитание – всем обществом” Саха сирин уопсастыбаннай хамсааһына “Проф-экспресс :Мин кэлэр кэскилим” диэн гражданскай уопсастыбаны сайыннарар сыаллаах социальнай бырйыага бэрт таһаарыылаахтык үлэлээтэ. "Саха сирин кэнчээри ыччата” тирэх киинэ бу бырайыагынан РФ Бэрэсидьиэнин анал гранын сүүйэн, бу сайын бырайыагы “Кэскил” оҕо сынньалаҥ лааҕырыгар олоххо киллэрэн барбыта. Онно идэҕэ хайысхалаах анал кууруска өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан 300 оҕо хабыллан уһуйуллубута.
“Кэскилтэн” тирэх ылбыт куурус кэҥээн, аны Хаҥалас, Уус Алдан, Нам, Горнай улуустарынан 232 оҕону хабан киэҥ далааһыннанна. Бастакы үктэлгэ 10 хайысханан: робототехника, 3D-моделирование, мультимедийнэй суруналыыстыка, экология, тимиргэ кровельнай үлэ, Интэриниэт эйгэтэ, маһынан уһаныы, муода технологията уонна soft skills үлэлээтэ. Манна үөрэммит оҕолор бары анал сэртипикээти туттулар. Умсугуйа, сөбүлүү үөрэммит оҕолор инникитин бу хайысханан үлэлииллэригэр олус наадалаах үөрэх буолара саарбахтаммат.
Бырайыак үлэлиэн иннинэ, бастаан утаа Горнай. Нам, Хаҥалас учууталларыгар, эбии үөрэхтээһин педагогтарыгар анал сэминэр ыытыллыбыта. Маны таһынан, сорохтор киин куорат 25-с №-дээх оскуолатыгар, “Кванториум” оҕо технопааркатыгар билиилэрин таһымын үрдэппиттэрэ.
Идэҕэ салайар куурустарга уһуйуллубуттар бырайыак партнердарын тэрилтэлэригэр сылдьан экскурсиялаан, идэ ис куукунатын кытары билистилэр. Ол курдук, “Якутия” технопаарка резиденнэрин кытары көрсөн, кинилэр үлэлэрин кытары билистилэр. Маны таһынан, Дьокуускайдааҕы ГРЭС үлэтин-хамнаһын кытары иһиттэн киирэн билистилэр. ГРЭС үлэһиттэрэ оҕолорго бэрт чопчутук, судургутук бу уустук үлэ ымпыгын-чымпыгын арыйдылар.
Ууннан хааччыйыы систиэмэтин туһунан “Водоконал” тэрилтэҕэ тиийэн билистилэр. 1941 сылтан үлэлиир кырдьаҕас тэрилтэ үлэтин илэ харахтарынан көрдүлэр, оҕолор олус сэргээтилэр.
“Кванториумҥа” эбии үөрэхтээһин педагога Игорь Иванов Google Sketchup бырагыраама туһунан кэпсээбитин сэргээн иһиттилэр. Түмүккэ оҕолор бэйэлэрин сатабылларынан, бу уустук бырагырааманы кытары толору үлэлиир кыахтаннылар.
Бырайыак чэрчитинэн кыттыспыт оҕо эрэ бары кэнэҕэс идэлэрин баһылыылларыгар бастакы улахан түмүктэри оҥордулар. Инньэ гынан, бырайыак бэрт таһаарыылаахтык үлэлээн, туруоруммут сыалбытын толору ситистибит.