Киир

Киир

Миирнэй оройуонугар үлэлии тиийбит алта киһиэхэ биир кэмнээх көмө харчы анаатылар. Кинилэр үс сылтан итэҕэһэ суох үлэлиир эбээһинэстээхтэр. Бу туһунан олохтоох администрация саайтыгар суруллар.

“Оройуон баһылыга Ришат Юзмухаметов оройуоннааҕы бүддьүөттэн алта исписэлиискэ биир кэмнээх көмө харчы аныыр туһунан дьаһалга илии баттаата. Чернышевскай бөһүөлэгэр баар “Каскад” физкультурнай-чэбдигирдэр комплекс  икки тренерэ 250 тыһ солк., оҕо ускуустубатын оскуолаларын үс үлэһитэ уонна Таас-Үрэх 9-с №-дээх орто оскуолатын учуутала   150 тыһ солк ыллылар. Биир кэмнээх көмө харчыны ылбыт үлэһиттэр үстэн итэҕэһэ суох сыл үлэлиир эбээһинэстээхтэр”, – диэн иһитиннэриигэ суруллар.

Миирнэй оройуонугар саҥа үлэлии кэлбит исписэлиистэргэ биир кэмнээх көмө харчыны аныыр бырагыраамма үлэлээбитэ хас да сыл буолла. Бастаан медицинэ эрэ үлэһиттэригэр бэриллэр этэ. Онтон 2015 сылтан спорт, култуура, үөрэхтээһин, фармацевт эйгэтигэр үлэлии кэлбит исписэлиистэр ылыахтарын  сөп.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар