Киир

Киир

Ахсынньы 31 күнүгэр Челябинскай уобалаһын Магнитагорскай куоратыгар гаас дэлби тэбэн, олорор дьиэ подъеһа сууллан 39 киһи суорума суолламмыта. Аны бүгүн Ростовскай уобалаһын Шахты куоратыгар эмиэ гаас дэлби тэбэн биир киһи өллө, 6 киһи буом анныгар сытар буолуон сөп диэн сабаҕалыыллар. Миэстэтигэр быыһааччылар үлэлииллэр.

Саха сиригэр олорор дьиэҕэ гаас дэлби тэбиитэ эмиэ хаста да бэлиэтэммитэ. Кэнники уон сылларга олорор дьиэлэргэ гаас сүтүгэ элбээбитин Гаас Сулууспата бэлиэтиир. Ол дэлби тэбэн алдьархайга тиэрдиэн сөп. “Таҥара сэрэҕи таптыыр” дииллэр. Кыым.ру кэнники сылларга дьон эмсэҕэлээбит гаас дэлби тэппит быһылааннарын санатар.

gas

2008 сыл, тохсунну 17 күнүгэр Дьокуускай куоракка Дальняя уулуссаҕа турар, 1970 сыллаах тутуу, 12 кыбартыыралаах олорор дьиэҕэ дэлби тэппитэ. Ол түмүгэр хас да кыбартыыраҕа дьиэ эркинэ, өһүөтэ сууллубута. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр уот туарҕанан, 8 кыбартыыра начаас күл-көмөр буолбута. Уопсайа 400 кв.м. умайбыта. Быһылаан түмүгэр 22 саастаах Максим Новиков уонна 18 саастаах Кристина Хабарова суорума суолламмыттара. 21 саастаах Светлана Васильева 2-с истиэпэннээх умайыыны ылбыта, 69 саастаах Иван Голоков 1-2 истиэпэннээх бааһырыыны ылбыта. Дьиҥэ бу мас дьиэ төрүкү гааһынан хааччыллыбатаҕа, биир кыбартыыраҕа хаһаайыттар бэйэлэрэ гаас тардыбыттар этэ. Ол тоҕо баран маннык алдьархайга тиэрдибитэ.

gas1

2011 сыл, кулун тутар 1 күнэ. Бу күн биир чааһынай дьиэҕэ гаас баллона эстибитэ. ЫБММ исписэлиистэрэ быһаарбыттарынан, бу дьиэни кытары сыста турбут гаражка баар автобус гаас баллона тоҕо барбыт. Онтон сылтаан баһаар тахсан ыаллыы дьиэ умайбыта. 200 миэтирэ тэйиччи турар оскуола түннүктэрэ тоҕо барыы долгунугар оҕустаран үлтүркэйгэ кубулуйбуттара. Дьолго ким да өлбөтөҕө, ол эрээри биир киһи бааһырбыта.

gas2

2012 сыл ыам ыйын 25 күнүгэр куорат киинигэр баар автомастарыскыайга икки дэлби тэбии буолбута. Ордук бастакы дэлби тэбии долгуна күүстээҕэ: аттынааҕы дьиэ люстралара хамассабыттара, дбигис гыммыттара. Ыаллыы турар маҕаһыын түннүктэрэ алдьаммыттара. Иккис тоҕо барыыттан сылтаан хап-хара буруо тахсыбыта. Гаас баллона уонна компрессор тоҕо барбыт диэн буолбута. Ол түмүгэр автосервис бүтүннүү умайбыта, ол иһигэр баар үс массыына эмиэ күл-көмөр буолбута. Быһылаан түмүгэр ыарахан туруктаах, улаханнык умайбыт эр киһини балыыһаҕа илпиттэрэ.

gas3

Эмиэ 2012 сыл ахсынны 31 күнүгэр киин куоракка Авиаторов уулуссаҕа турар чааһынай дьиэҕэ гаас тоҕо барбыта. Дьолго 25 кв.м. иэннээх куукуна эрэ алдьаммыта. Ол түмүгэр 1955 с/т эр киһи уонна 1974 с/т дьахтар араас эчэйиини ылан суһаллык балыыһаҕа киирбиттэрэ.

gas4

2015 сыллаахха, сэтинньи 11 күнүгэр Петр Алексеев аатынан уулусса 4/2 диэтин иккис этээһигэр гаас дэлби тэбэн 70 саастаах дьиэ хаһаайката улаханнык эмсэҕэлээбитэ. Аҕыйах ыйынан ылбыт эчэйиилэриттэн өрүттүбэккэ ол дойдуга аттаммыта.

gas5

2018 сыл муус устар 4 күнүгэр Ньурба куоратыгар чааһынай дьиэҕэ гаас плитка баллона тоҕо баран эркин сууллубута. Хата ким да эмсэҕэлээбэтэҕэ.

Гаас, гаас тэрилэ оҕо оонньуура буолбатах, сэрэхтээхтик сыһыаннаһыахха наада. Хайаан даҕаны испсисэлиистэри ыҥыран бэрэбиэркэлэтиҥ. Ордук эргэрбит тэриллэр кутталлаахтар. Гаас сытын сыттаатаххытына тута Гаас Сулууспатыгар эрийиҥ. Таҥара сэрэҕи таптыырын өссө төгүл санатабыт!

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар