Эдьигээн оройуонун Бэстээх нэһилиэгэр былырыын сайын 15 саха боруодалаах сүөһүлэри Горнай улууһугар баар “Сахаплем” тэрилтэттэн ылан аҕалбыттара. Сүөһүлэри уу суолунан айаннатан ыраах сытар хоту сиригэр тиксэрбиттэрэ, Хороҕор муостаахтар этэҥҥэ турдахтарына, аны биэс сылынан 30-ча төбөҕө тиэрдэр былааннаахтар.
Эдьигээн Бэстээҕэр саха сүөһүлэрин 30-тан тахса сыл устата хороҕор муостааҕы туппут нэһилиэк олохтооҕо Геннадий Николаев аймах уолунаан көрөллөр. Бөһүөлэктэн туспа турар сиргэ хотон тутан номнуо 14 сүөһүнү кыстатан турбуттар. Бу күннэргэ биир төбө эбилиннэ: биир ынах бастакы төрүөҕү биэрбит. Ынаҕы бэтэринээр Мария Кангаласова төрөппүт.
“Былырыын сайын алта тарбыйах уонна субайдар, уопсайа 15 төбө кэлбитэ. Күһүөрү сирдэрин атыҥыраан дуу, хайдах дуу мэччирэҥ кэмигэр биир ынах кучуйан, тыа диэки куота баран сүтэн хаалбыттара. Биир ыйы быһа көрдөөһүн кэнниттэн хата сүөһүлэрбитин булбуппут. Көстөөттөрүн кытта кучуйбут ынахха Беглянка диэн ааты иҥэрбиппит. Дьэ, ол ынахпыт бастакы төрүөҕүн биэрэн үөртэ. Ньирэйбит тыһы, сырдык кугас өҥнөрдөөх. Саха боруода ынаҕын ньирэйэ олус кыра буолар эбит, коза оҕотун саҕа үрдүктээх. Ынахпыт үүтэ ньирэйин эрэ эмнэрэригэр тиийэр. Бу боруода сүөһү уопсайынан үүтэ кэмчи буолар эбит”,- диэн сонунун үллэһиннэ Геннадий Николаев.
Барыта этэҥҥэ буоллаҕына, аны биир ынах бу ыйга төрүүрүн күүтэллэр.
Мария АПОЛЛОНОВА, ulus.media