Кулун тутар 17 күнүгэр, Чурапчы улууһугар Чурапчы уонна Хайахсыт нэһилиэктэригэр баһылыгы талыы быыбара ыытылынна.
Чурапчы нэһилиэгин баһылыгын быыбарыгар, барыллаан түмүгүнэн, Владимир Сивцев 77,2%, Леонид Макаров 17%, Семен Макаров 3,5% куолаһы ыллылар. Хайахсыт нэһилиэгин баһылыгын быыбарыгар барыта 274 киһи кыттыыны ылла. Барыллаан түмүгүнэн, Тарас Тарасов 203, Афанасий Дорофеев 65, Артем Тюнькев 2 куолаһы ыллылар.
“Саҥа олох” хаһыат, ulusmedia