Саха сиригэр кынаттаахха сааскы булт ыам ыйын 6 күнүттэн саҕаланыа. Бу туһанан СӨ экология министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ыам ыйын 6-8 күннэригэр хааска булт Абый, Үөһээ Халыма, Өлөөн, Эбээн-Бытантай улуустарыгар арыллар.
Ыам ыйын 10-12 күннэригэр – Жиганскайга, Орто Халымаҕа, Мииринэй оройуонун Айхал бөһүөлэгин уонна Удачнай куорат бултуур сирдэригэр.
Ыам ыйын 16-18 күннэригэр – Аллайыаха уонна Аллараа Халыма улуустара.
Ыам ыйын 24-26 күннэригэр — Анаабыр уонна Усуйаана улуустара.
Ыам ыйын 11-20 күннэригэр куска булт Алдан, Амма, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Майа, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыгар уонна Дьокуускайга арыллар.
Ыам ыйын 14-23 күннэригэр – Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Мииринэй (Айхал бөһүөлэгин уонна Удачнай куорат аттынааҕы бултуур сирдэртэн ураты), Ньурба уонна Өймөкөөн.
Дьааҥы улууһугар ыам ыйын 16-25 оттон Муомаҕа 18-27 күннэргэ бултуохтара.
Ыам ыйын 31 – бэс ыйын 6 күнүгэр диэри – Абый, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Жиганскай, Өлөөн, Орто Халыма, Эбээн-Бытантай уонна Мииринэй оройуонун Айхал бөһүөлэгин, Удачнай куорат аттынааҕы бултуур сирдэр.
Булуҥ улууһугар бэс ыйын 1-10 күннэригэр, Аллараа Халымаҕа — бэс ыйын 1-7 күннэригэр бултуохтара. Оттон бэс ыйын 4-10 күннэригэр – Анаабыр, Аллайыаха уонна Усуйаана улуустара.
Бэс ыйын 1-4 күннэригэр андыга булт Аммаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Горнайга, Кэбээйигэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Муомаҕа, Намҥа, Өймөкөөҥҥө, Тааттаҕа, Томпоҕа, Уус Алдаҥҥа, Хаҥаласка уонна Чурапчыга арыллар.
Быйыл Ил Дархан уурааҕынан бары улуустарга атыыр улары уонна куртуйаҕы бултуур бобуллар.