Оҕолоох дьиэ кэргэн ипотека 6% кирэдьиитин билиҥҥи курдук үс аҥаар уонна аҕыс сылга буолбакка, кирэдьиит бүтүн болдьоҕор ылар кыахтаныахтара.
Бу туһунан РФ премьер-миниистирэ Дмитрий Медведев баттаабыт уурааҕар суруллар. Бу бырагыраамма дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин этиитинэн оҥоһуллан ааспыт сыл тохсунньу 1 күнүттэн үлэлиир. 2022 сылга диэри үлэлиирэ былааннанар.