Киир

Киир

Мэҥэ хаҥаластар биир дойдулаахпыт, бастакы килиэп астааччы Дмитрий Афанаьевич Лукин аатынан “Бастыҥ биэкэр - 2019” куоҥкурус Майаҕа ыытылынна. Ахсыс төгүлүн ыытыллар үтүө үгэскэ кубулуйбут тэрээһин бирииһэ да ботуччу буолла.

Майаҕа тэриллибит куоҥкуруска Намтан, Хаҥаластан, Уус Алдантан уонна Мэҥэ Хаҥаластан 8 киһи кытынна. “Бастыҥ килиэп буһараччы”, “Минньигэс бурдук ас астааччы” ааттар иһин сэттэ түһүмэххэ күөн көрүстүлэр.

Муҥутуур кыайыылаах үрдүк аатын Павловскайтан Туйаара Варламова ылан, муораҕа сынньана барар путевканан наҕараадаланна. “Бастыҥ биэкэр” Майаттан ИП Мясникова А.А үлэһитэ Николай Сергеев, “Бастыҥ кондитер” Нам улууһун Партизан сэлиэнньэтиттэн  ИП Эверстова Е.И. кондитера Иван Аладов буолан, 10 тыһыынча солкуобайдаах Лукиннар дьиэ кэргэттэрин ааттарыттан бириистэри туттулар. Атын кыттааччылар эмиэ бэлиэтэннилэр.

Дьүүллүүр сүбэҕэ Дьокуускайдааҕы Сервис техникумуттан Людмила Чернявская, Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтин оҥорон таһаарар лабораториятын салайааччыта Людмила Максимова, Дмитрий Афанасьевич төрөппүт кыыһа, Майа сэлиэнньэтин улуус Бочуоттаах гражданина Мария Лукина, улуустааҕы “Биисинэс-инкубатор” дириэктэрэ Николай Скрябин, “Ле Марко” сөптөөхтүк аһааһын кондитерскайын дириэктэрэ Ирина Петрова үлэлээтилэр.

“Тэрээһини улуус дьаһалтата, улуустааҕы Биисинэс-инкубатор уонна Дмитрий Афанасьевич оҕолоро, сиэннэрэ тэрийэн үрдүк таһымнаахтык ыыттыбыт. Маннык дьаһаллар олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга уопут атастаһыытын, үлэҕэ саҥа ньыманы киллэрии, аныгы технологиялары көҕүлээһин быһыытынан сыаналанар. Дьон күннээҕи аһын хаачыстыбалаахтык астыыр дьон үлэтэ сыаналаныахтаах“, – диэн кэпсиир Николай Скрябин, улуустааҕы «Биисинэс-инкубатор» дириэктэрэ.  

 “Эркээйи” хаһыат, ulusmedia