Муус устар 16 күнүгэр «Халыма» федеральнай суол Алдан өрүһү Хаандыга – Мэҥэ Алдан хайысхатынан туоруур кыһыҥҥы суола сабылынна. Бу туһунан «Бүлүү» суол-иис управлениета иһитиннэрэр.
Эмиэ бу күнтэн «Бүлүү» федеральнай аартык өрүһү туоруур суолугар («Үөһээ Бүлүү» 660 км, «Дьаархан» 752 км, «Күндээдэ» 807 км, «Устье» 956 км, «Кириэстээх» 1049 км) 4 тоннаттан үөһэ уйуктаах массыына айанныыра бобулунна. Бу хайысханан муус устар 18 күнүттэн сырыы тохтуур.