Киир

Киир

Дьааҥы улууһугар оҕо уонна тэрэпиийэ салаалардаах, 30 ыарыһах сытан эмтэнэр, күҥҥэ 80 киһини көрөр поликлиникалаах киин балыыһа тутуллар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Үүнэр көлүөнэлэрин» Пуондатын үбүлүүр

Дьааҥы улууһугар быйылгы сүрүн эбийиэги Александр Никитич Семенов генеральнай дириэктэрдээх «Атлант» ХЭУо тутар. Бэҕэһээ “Дьааҥы аартыга” хаһыат кэрэспэндьиэн прораб Вячеслав Константиновы кытта көрсөн кэпсэттэ.

Эбийиэккэ 30-ча киһилээх үс биригээдэ: тас өттүн оҥорооччулар, дьиэ ис барааныгар хостору тутааччылар уонна кырыыһаны дьэндэтээччилэр үлэлии сылдьаллар. Маны таһынан электриктэр, сыбаарсыктар бааллар. Сир хамсааһына буолар түбэлтэтигэр дьиэҕэ куттал суоһаабатын туһугар анал ньыманы тутталлар. Ол курдук бетон билиитэлэр бэйэ-бэйэлэригэр тутуһууларын күүһүрдэргэ анаммыт тимир угольниктары быһан, холбуу иһэрдэн бэлэмнии сылдьаллар.

Прораб салгыы эппитинэн, кэлэр ый ортотугар кинилэргэ эбии 10-тан тахса сыбахчыт, салгыы салгыны чэбдигирдэр тэриллэри таҥааччылар кэлиэхтээхтэр. Быйылгы былааҥҥа балыыһа комплексыгар эбии хараас, саахал тахсар түгэнигэр туһаныллыахтаах диисэл ыстаансыйатын дьиэтэ тутуллуохтаахтар.

Олохтоохтортон дьону үлэҕэ ылаҕыт дуо диэн ыйытыкпар кини: “Ылыахпыт, ол гынан баран, үлэ дьиссипилиинэтин төһө тутуһалларын, сатабылларын бастаан кэтээн көрүөхпүт”, – диэн хоруйдаата.

Вячеслав быйыл былааннаммыт үлэлэр туолалларыгар бигэ эрэллээх, онон эһиил өр сылларга күүтүллүбүт улууспутугар улахан суолталаах социальнай эбийиэк үлэҕэ киирэригэр бигэ эрэллээхпит.

 

Иннокентий Кысылбаиков, ulusmedia

Сэҥээриилэр

Carl
0 Carl 14.11.2020 11:53
Look into my web blog - уролог: https://vam-mebel.ru:443/bitrix/rk.php?goto=https://xn--4--6kckorkidvej2j.xn--p1ai/%D0%A1%D0%B2%D0%B5%D0%B4%D0%B5%D0%BD%D0%B8%D1%8F-%D0%BE%D0%B1-%D0%BE%D0%B1%D1%80%D0%B0%D0%B7%D0%BE%D0%B2%D0%B0%D1%82%D0%B5%D0%BB%D1%8C%D0%BD%D0%BE%D0%B9-%D0%BE%D1%80%D0%B3%D0%B0%D0%BD%D0%B8%D0%B7%D0%B0%D1%86%D0%B8%D0%B8/%D0%9E%D0%B1%D1%80%D0%B0%D0%B7%D0%BE%D0%B2%D0%B0%D0%BD%D0%B8%D0%B5/%D0%9C%D0%B5%D1%82%D0%BE%D0%B4%D0%B8%D1%87%D0%B5%D1%81%D0%BA%D0%B0%D1%8F-%D0%BA%D0%BE%D0%BF%D0%B8%D0%BB%D0%BA%D0%B0
Ответить
Georgina
0 Georgina 17.06.2022 07:38
Hi, all is going perfectly here and ofcourse every one is sharing
information, that's in fact fine, keep up writing.

Feel free to visit my web-site Strippers: https://playtimestrippers24.com
Ответить

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар