Киир

Киир

Ыам ыйын 22 күнүттэн саха халандаарынан сайыҥҥы күн ааҕыллар. Саха дьоно уһун кыһыны этэҥҥэ туораан, күөххэ үктэнэр Ньукуолун күнүгэр алаадьы астаан сири-уоту аһаталлар, Айыылартан өҥ дьыл буоларыгар көрдөһөллөр, ыраастаналлар уонна сайылыкка көһөллөр.

Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга улахан болҕомто ууруллар. Ол курдук, былырыын сэтинньи ыйга Ил Дархан Айсен Николаев, ыам ыйын 22 күнүгэр Сайылык күнүн бэлиэтииргэ уураах таһаарбыта. Онон, бүгүн аан бастакытын Сайылык күнүн бэлиэтиибит.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 355 сайылык баара биллэр. Олортон 250 сайыҥҥы үүт пиэрмэлэрэ буолар. Быйыл сайылыктарга 36326 төбө хороҕор муостаах, ол иһигэр 17298 ынах тахсара уонна  1451 киһи үлэлиирэ былааннанар.

Санааҕын суруй