Киир

Киир

Сүлдьүкээр сэлиэнньэтэ төһө да Саха сирин саамай баай, бырамыысалыннастаах оройуонугар олордор, манна сайдыы тэтимэ олус бытаан.

Бу хаартыскаларга да көрөн бэйэҕит дойдугутун кытары тэҥниэххитин сөп – хайдахтаах курдук сүлдьүкээрдэр кытаанахтык олороллорун.

mir5

Кырыы сиргэ турар нэһилиэк олорор усулуобуйата уустук, суол-иис боппуруоһа сол да ыарахан. 2012 сылтан ыла тутулла сатыыр да, отут эрэ биэрэстэ усталаах, Светлэй бөһүөлэгэр диэри сылы быһа айаннатар суол бүтэ илик. Дьэ, нэһирбиттэрэ сүрдээх.

Түргэн, оптика-волокно уонна мобильнай Интернеттэрэ – мэлигир. Уоттара-күүстэрэ эмиэ соччото суох.

mir6

Суос-соҕотох эрэллэрэ, хамнастанар сирдэрэ – “Новай” сопхуос Сүлдьүкээрдээҕи отделениетын инники дьылҕата салгыҥҥа ыйанан турар, кэнэҕэһин хайдах буолуо биллибэт. Үлэтэ суох буолуу кыһалҕата ыктар-ыган эрэр.

Дьэ ол да буоллар, үс сүүс киһи олорор эбэҥки национальнай сэлиэнньэтигэр дьон хайдах эмит гынан олоруох тустаах. Кинилэр ыллылар да куоракка куотар, устугас дьон буолбатахтар. Айылҕаны, чэбдик салгыны сөбүлүүллэр, тыаларын, үрэхтэрин ытыгылыыллар.Төһө да булда-алда энчирээтэр, тыалара төһө да бырамыысалыннас күөнтээһиниттэн киртийдэр - үрэхтэрэ сэргэстэһэ бааллар.Онон сэлиэнньэни көһөрүүнү олохтоохтор былыргыттан утараллар.

Ол да буоллар, бу дэриэбинэни тупсаҕай оҥорууга туох эмит суол баар дуу, суох дуу диэн интэриэһиргиибин.Мииринэй оройуонун дьаһалтатын саайтын судаарыстыбаннай атыыларга уонна тендердерга сирэйин анаан көрдүм, анаардым.

Онно Сүлдьүкээр нэһилиэгин дьиэлэрин сарайдарын өрөмүөннээһин эрэ испииһэккэ син киирбит.

Оттон дэриэбинэ суолларын тупсарыы, уулуссалары саҥардыы, иһэр ууну ыраастыыр ыстаансыйаны тутуу туһунан иһитиннэриини булбатым.

Аны туран, дьиэ-уот тутуллуон манна чугас эргин дьыалабыай мас букатын суох, барыта ньиирээйи талахтаах алыылар, хатыҥ титириктээх ойуурдар, хайалар тэллэхтэнэллэр.Кыахтаах, аныгылыы моһуоннаах пилорама да мэлигир. Тутуу матырыйаала, кытыы сир буолан кыайан кэлбэт. Дэриэбинэ дьиэлэрэ олус эргэлэр. Сорох-сорохтор ааспыт үйэ 60-с сылларыттан ылата туралар.

Оҕо аҕыйаҕынан сылтахтанан оскуола туппатылар. Арай бэрт уһуннук да буоллар, дьыссааты өрөмүөннээтилэр.

mir4

Дэриэбинэ олоҕо сэргэхсийэрин туһугар, манна ыччат кэлэн олохсуйуон наада. Оройуон тутууну ыытара эрэйиллэр. Самнархай дьиэлэр оннуларыгар саҥа дьиэлэри туттахтарына эрэ сатанар.

mir1

Эбэҥкилэр олорор нэһилиэктэрин, таба иитэр, бултуур-алтыыр, оттуур сирдэриттэн сыҕайан баран, түптээх усулуобуйа тэрийэллэрэ уолдьаста.Оччоҕуна эрэ сэргэхсийии буолуо.

Оттон онно туһулаан, нэһилиэк, оройуон дьаһалталара, дьокутааттар утумнаахтык үлэлиэхтэрин наада.

Станислав Алексеев, Мииринэй куорат.