Бэс ыйын 24 күнүгэр “Сахабулт” концерн генеральнай дириэктэрэ Павлов Михаил Михайлович уонна Арассыыйа билимин академиятын Сибиирдээҕи салаатын криолитозон биологическай кыһалҕаларын институтун дириэктэрэ Охлопков Иннокентий Михайлович, айылҕа биологическай матырыйаалларын уонна технологияларын бородууксуйатын оҥорууга, оҥорон таһаарыыны тэрийиигэ уонна маркетинг уобалаһыгар бииргэ үлэлиир сөбүлэҥи түһэристилэр.
Сөбүлэҥ чэрчитинэн лабыктаттан, хатыҥ мас хатырыгыттан эбии аһылык, эпсорин, эмтээх оттон косметика оҥоруу былааннанар. Ону таһынан, тирии тобоҕуттан меланин, ньиэрпэ сыатыттан эбии аһылык, саха сылгытын уонна табатын иҥиириттэн коллагеновай эбии аһылыктары оҥоруу буолар.
Креативнэй экэниэмикэни олоххо киллэрии биир сүрүн хайысхатынан билим уонна бырамыысалынас бииргэ үлэлээһиннэрин саҥа көрүҥэ буолар. Ол туһунан сиһилии “Сахабулт” генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы Шишигина Аксинья Егоровна маннык кэпсиир: “Биһиги бу соторутааҕыта хакатон “Fashion Net” диэн тэрээһин ыыппыппыт. Манна научнай тэрилтэлэри ыҥырбыппыт. Кинилэр научнай үлэлэрин “Сахабулт” нөҥүө киэҥ эйгэҕэ хайдах таһаарыахха сөбүн туһунан кэпсээбиттэрэ. Наука өттүттэн олус интэриэһинэй бырайыактар бааллара. Онтон тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах иккис хакатон ыыппыппыт. Манна научнай институттар бэйэлэрин бырайыактарын көрдөрбүттэрэ. Бизнес буола илик научнай чинчийиилэри, холобур, эпсорины, лабыктаттан эбии аһылыгы оҥорон саҕалаабыт этилэр. Ону биһиги өссө хамаҕатык таһааран атыыһыт курдук үлэлиибит. Холобур, билигин лабыктаттан детоксу атыылыы сылдьабыт. Олус үчүгэйдик атыыга барар. Бу детокс киһини ыраастыыр, эпсориҥҥа састаабыгар эмиэ элбэх битэмииннэрдээх. Испит дьон олус сөбүлүүллэр. Сыаната да удамыр 300 тахса солк. Оннук научнай институттар оҥорбут үлэлэрин киэҥ маассаҕа таһааран дьоҥҥо тириэрдэргэ үлэлиибит. Ону таһынан, графическай дизайнердар көмөлөрүнэн бу бородууксуйа хаҕын, рекламатын үчүгэйдик табан оҥордохпутуна экспортка да барыан сөп. Инникитин эбии аһылыктары уонна косметика оҥорон таһаарыахпытын баҕарабыт. Саха сирин үүнээйилэрэ олус эмтээхтэр, элбэх битэмииннээхтэр. Сайыммыт кылгас буолан үүнээйилэр туох баар туһалаах элэмиэннэрэ сайын устата ситэр. Инньэ гынан, оннооҕор атын дойдуларга үүнэр от-мас биһиги үүнээйилэрбитигэр тиийбэт. Ол иһин, Саха сирин үүнээйитэ экологичнай, иҥэмтэлээх, битэмиинэ элбэх диэн “бренд” оҥорон таһаарыахтаахпыт”.
Үлэ кэлэр кэрдииһэ научнай оҥорон таһаарыы креативнай кластерын нөҥүө биир былаһааккаҕа үөрэҕи, билими уонна бырамыысалынаһы ситимнээһин буолар.
Сөбүлэҥ түһэрсиитин тэрээһинигэр кыттыыны ыллылар: Арассыыйа билимин академиятын Сибиирдээҕи салаатын криолитозон биологическай кыһалҕаларын институтун дириэктэрэ Охлопков Иннокентий Михайлович, научнай салаа салайааччыта, б.н.х. Ремигайло Павел Александрович, учуонай сэкирэтээр, б.н.х. Шеин Алексей Анатольевич, б.н.х. Хлебный Ефим Сергеевич, сүрүн научнай үлэһит, б.н.д. Кершенгольц Борис Моисеевич, сүрүн научнай үлэһит, б.н.д. Журавская Алла Николаевна, научнай үлэһит, б.н.х. Слепцов Игорь Витальевич, “Сахабулт” концерн генеральнай дириэктэрэ Павлов Михаил Михайлович уонна генеральнай дириэктэр бастакы солбуйааччыта Шишигина Аксинья Егоровна.