Бүгүн, от ыйын 12 күнүгэр Саха бэчээтин күнүнэн, саха тылынан тахсар көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ суруналыыстара “төгүрүк остуолга” муһуннулар.
Тэрийээччилэр Саха сирин суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева уонна “Ситим” медиа-бөлөх генеральнай дириэктэрэ Мария Христофорова буолаллар.
Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ “Уһун Дьурантаайы – 2019” диэн суруналыыстар күрэстэрин кыайыылаахтара наҕараадаланнылар. Мустубут дьон сахалыы тыллаах көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ кыһалҕаларын дьүүллэстилэр.
Манна киирбит этиилэр Ил Дархан Айсен Николаевка уонна Саха сирин профсойуустарын федерациятын бэрэссэдээтэлигэр Николай Дегтяревка тиийиэхтэрэ.
Суруналыыстар ордук хамнас кыратын, төрөөбүт тыл кыһалҕатын, тыа сиригэр суруналыыс идэлээх үлэһит тиийбэтин, тахсар матырыйааллар хаачыстыбалара мөлтөөн иһэрин, ырытар-анаарар суруналыыс аҕыйаҕын уо.д.а. боппуруостары таарыйдылар.
Ил Түмэн норуодунай дьокутаата Мария Христофорова “Пять лучших этнических СМИ” диэн бүтүн Арассыыйатааҕы II күрэскэ биллэриллибит этническэй көрөдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ Ассоциациятын үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсээтэ. Түмүгэ күһүн Сочи куоракка суруналыыстар форумнарыгар биллэр.
“Саха бэчээтин суруналыыстара уонна өрөспүүбүлүкэ социальнай эйгэтин үлэһиттэрэ сомоҕолоһор кэммит кэллэ. Билигин судаарыстыбаннай да, чааһынай да көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэлэр үптэрин балаһыанньата уустук. Ол да буоллар тустаах үлэлэр ыытыллаллар. Ол иһин Сочига саха бэчээтин улахан хамаандатын билиһиннэрэргэ ыҥырабын. Бүгүн этиллибит суруналыыстыка кыһалҕалара Татарстаҥҥа, Чувашияҕа, Казахстаҥҥа уо.д.а. өрөспүүбүлүкэлэргэ сытыытык тураллар”, – диэн Мария Христофорова бэлиэтээтэ.