Киир

Киир

Саха сиригэр сүөһү аһылыгын бэлэмниир хампаанньа уопсай объемуттан 12%, ол аата 59 тыһ туонна от бэлэмнэннэ. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Денис Белозеров иһитиннэрдэ.

Кини эппитинэн быйыл 479 тыһ туонна от бэлэмнэнэрэ былааннаммыт. Ол эрээри, билигин дьиҥнээх объема кыра буолара көстөр. Бу төрүөтүнэн кураан күннэр, ойуур баһаара уонна биирдиилээн оройуоннарга дохсун самыыр түспүтэ буолар.

Ордук Томпо уонна Үөһээ Бүлүү улуустарыгар ыарахан усулуобуйа турар. Үөһээ Бүлүүгэ 11 тыһ туонна от былааннаммытыттан 5 эрэ тыһ туонна от бэлэмнэнэр. Ол иһин, билигин тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тустаах миэрэлэри ылар”, — диэн  Денис Белозеров кэпсээтэ.

Ону таһынан, илин эҥэр улуустарыгар Аммаҕа, Уус Алдаҥҥа уонна Мэҥэ Хаҥаласка дороххой аһылыгы бэлэмнэнэрэ былааннанар. Билигин мобильнай биригээдэлэртэн көмө ылар сайаапкалары хомуйаллар. 17 тыһ туонна дороххой аһылык бэлэмнэниэхтээх.

Сүөһү аһылыгын бэлэмниир хампаанньа түмүгүнэн уопсай объем пуондата 6700 туонна от буолуохтаах.

ysia.ru

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар