Киир

Киир

Саха сирэ Арассыыйаҕа ааспыт сыл түмүгүнэн саамай элбэх эмчиттээх 5 бастыҥ эрэгийиэн иһигэр киирбит. Бу туһунан РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин саайтыгар суруллар.

Онно ыйылларынан, 10 тыһ. нэһилиэнньэҕэ быраас тиксэринэн инники күөҥҥэ ыаллыы сытар Чукотка автономнай уокуруга (65,5), Санкт Петербург (58,2) уонна Магадаан уобалаһа (55,2) киирэллэр. Эриэйтиҥҥэ төрдүс миэстэҕэ Хотугу Осетия (54,2) уонна бэһис миэстэҕэ Ханты-Мансийскай уокурук уонна Саха сирэ иһэр (51,3).

Оттон саамай аҕыйах быраастаах эрэгийиэннэринэн Курган уобалаһа (24,2), Чечня (26,8), Псков уобалаһа (27,1), Владимирскай уобалас (27,7) уонна Еврейскэй автономиялаах уобалас (27,8) буолаллар.

Дойду үрдүнэн 10 тыһ. киһиэхэ ортотунан 37,4 быраас тиксэр. Ыстатыыстыка көрдөрөрүнэн, Арассыыйаҕа 549 тыһ. быраас баар, онтон 390 тыһ. – дьахталлар. Тыа сиригэр 54 тыһ. быраас үлэлиир.

Санааҕын суруй