Киир

Киир

Саха сиригэр 4G ситими хаҥатыыга үлэ тэтимнээх саҕаланна. Бу туһунан инновация министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Оптоволокно Ньурба, Горнай, Үөһээ Бүлүү, Уус Майда, Таатта улуустарыгар киирэринэн, манна 4G үлэлиэҕэ.

“Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр суотабай сибээскэ бары кэриэтэ холбоннулар. Оттон LTE ситимҥэ Саха сирин 65% олохтооҕо, онтон 3G – 78% холбонон олорор”, - диир миниистири солбуйааччы Евгения Макарова.

Саха сиригэр саамай тарҕаммыт эпэрээтэр – Билайн (“Вымпелком” тэрилтэ) буолар, манна өрөспүүбүлүкэ 98% олохтооҕо хабыллар, “Билайн” оннооҕор кырыы нэһилиэктэргэ хабар. Быйыл “Вымпелком” номнуо 70 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 4G интэриниэти холбоото. 2021 сылга диэри 300 ыстаансыйаны туруорар былааннаах.

Оттон Мегафоннар 4G сибээһинэн 44 нэһилиэги хабаллар, быйыл өссө 10 нэһилиэккэ холбуохтара. Маны таһынан, быйыл сыл бүтүөр дылы Ньурба куоратыгар холбуур былааннаахтар.

Санааҕын суруй