Киир

Киир

Атырдьах ыйын 26 күнүгэр Национальнай библиотекаҕа “Мои документы” киин электроннай өҥөнү оҥорор салаата арылынна. Бу туһунан библиотека уонна МФЦ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Электроннай өҥө салаата 2016 сыллаахха арыллыбыта. Быйыл 15 үлэлиир миэстэҕэ диэри улаатыннардылар.

Манна дьон аналлаах тэрилинэн хааччыллыбыт, интэриниэттээх үлэлиир миэстэлэргэ олорон, электроннай ньыманан судаарыстыбаннай өҥөлөрү оҥоруохтарын сөп. Тугу эмит сатаабат түгэннэригэр консультаннар сүбэлээн-амалаан биэриэхтэрэ”, – диэн релизка суруллар.

Билигин судаарыстыбаннай өҥө (госуслуга) порталын нөҥүө үгүс өҥө оҥоһуллар. Технология олус түргэнник сайдар. Аныгы үйэҕэ хас биирдии киһи информационнай уопсастыба сайдыытын ситиһэр кыаҕа суох. Судаарыстыба өттүттэн көмө баара олус үчүгэй”, — диэн “Мои документы” киин салайааччыта Таисия Батуева иһитиннэрэр.

Электроннай өҥө салаата библиотека үлэлиир бириэмэтинэн үлэлиир.

News.Ykt.Ru