Өрөспүүбүлүкэ 10 учуутала үлэлэригэр ситиһиилэрин иһин Арассыыйа үөрэҕин министиэристибэтин бириэмийэтин ылыахтара. Бириэмийэ кээмэйэ 200 тыһ солк тэҥнэһэр.
Атырдьах ыйын 28 күнүгэр миниистир Ольга Васильева туһааннаах докумуоҥҥа илии баттаата. Бастыҥ учууталлар бириэмийэлэрин алтынньы 5 күнүгэр диэри ылыахтара. Быйылгы бириэмийэ нолуоктаммат, онон оруобуна 200 тыһ солк буолуоҕа.
Бастыҥ учууталлары талыы бары муниципальнай тэриллиилэргэ биллэриллибитэ уонна муниципальнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи диэн икки түһүмэхтээх буолбута.
Муниципальнай түһүмэххэ 99 учуутал кыттыыны ылбыта. Олортон өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ 56 учуутал ааспыта. Куоҥкурус докумуоннарын уопсастыбаннай экспертэр көрбүттэр. Саха сириттэн 10 учуутал кыайыылааҕынан тахсыбыттар. Бу туһунан СӨ үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.