Саха сирин бырабыыталыстыбата “Ростелекому” кытары “Удачнай-Харыйалаах-Өлөөн” хайысхатынан оптоволокно сибээс лииньийэтин тардыыга бииргэ үлэлэһэр туһунан сөбүлэҥи баттаста.
Сөбүлэҥи Ил Дархан Айсен Николаев, “Ростелеком” бэрэсидьиэнэ Михаил Осеевскай уонна Өлөөн баһылыга Александр Иванов Илиҥҥи экэниэмикэ форумун бастакы күнүгэр баттастылар.
“Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка. Арассыыйаҕа ВОЛС лииньийэтин тардыыга инники күөҥҥэ сылдьар. Билигин нэһилиэнньэ 82 бырыһыана холбонно, ол гынан баран. биһиги итинэн тохтоон хаалар былааммыт суох. Былырыын 2 тыһ. км. тахса лииньийэни тардыбыппыт, быйыл минкомсвязь көрбүт 1,5 млрд солк. социальнай суолталаах эбийиэктэри холбуохпут. Онно үс сыл устата 1,2 тыһ. эбийиэк холбонуоҕа” , – диэн инновация миниистирэ Анатолий Семенов эттэ. Кини Өлөөн улууһа түргэн тэтимнээх интэриниэккэ 2020 сыл бүтүөр дылы холбонорун кэпсээтэ. “ВОЛС улууска кэллэҕинэ, улуус ВРПта биэс бырыһыан улаатыаҕа” диир.