Арассыыйа Почтата Уһук Илиҥҥэ дьиэттэн олорон өҥө иһин төлөбүрү ыларга үлэни күүһүрдэр. Бу туһунан тэрилтэ пресс-сулууспата биллэрэр.
Инньэ гынан, хомунаалынай, нолуок, судаарыстыбаннай пошлина уонна ГИБДД ыстыраабын төлүүргэ дьиэҕэ почтальону ыҥыран төлүүр кыахтанныбыт. Маныаха почтальоннар мобильнай-кассовай трминалларынан хааччылыбыттар. Саха сиригэр үчүгэй интэриниэтээх нэһилиэктэргэ 144 терминалы биэрбиттэр.
Маныаха бу өҥөнү туһанарга чуолаан саастаах дьон, инбэлииттэр, биэнсийэлээхтэр ылар буолуохтара. Онуоха кыраапык быһыытынан биэнсийэни уонна босуобуйаны аҕалар кэмнэригэр дьиэттэн олорон төлүүр кыахтаныахтара.