Киир

Киир

Дьокуускайга “Бессмертный подвиг матери” диэн бүтүн Арассыыйатааҕы бырайыак үлэтин саҕалаата. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи Кыргыттар күннэригэр, “Арассыыйа ийэлэрэ” эрэгийиэннээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Прасковья Борисова иһитиннэрдэ.

Бырайыакка Дьокуускай уонна алта муниципальнай тэриллиилэр: Амма, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Өлүөхүмэ, Томпо уонна Хаҥалас улуустара кыттыахтара. Уопсайа 400 тахса волонтер, олор истэригэр оскуола үөрэнээччилэрэ, устудьуоннар, кыраайы үөрэтэр учуонайдар уонна “Арассыыйа ийэлэрэ” түмсүү чилиэннэрэ киирэллэр. Кинилэр олорор нэһилиэктэригэр, улуустарыгар Аҕа дойду сэриитигэр уолаттарын сүтэрбит ийэлэр ааттарын үйэтитиигэ чинчийэр үлэлэри ыытыахтара.

Бу бырайыак Улуу Кыайыы 75 сылыгар ананар. Аҕа дойду сэриитигэр 62 тыһ тахса саха дьоно кыттыбыта. Олортон 37 тыһ төннүбэтэхтэрэ. Эйэлээх олох иһин олохторун толук уурбут саллааттар хорсун быһыыларын умнубаппыт. Ол эрэн, кинилэр ийэлэрин ааттара умнуллан хаалар. Ол иһин, биһиги кинилэр ааттарын көмүс буукубаларынан устуоруйаҕа суруйан хаалларыахтаахпыт”, – диэн Прасковья Борисова эттэ.

Бырайыак түмүгүнэн ыам ыйын 9 күнүгэр “Бессмертный полк” иһинэн “Бессмертный подвиг матери” диэн туспа холуоннанан парааттааһын буолуоҕа. Ону таһынан, грант үбүнэн улуустарга аҕа дойду сэриитигэр анаммыт стендэлэри эбэн оҥоруохтара.

ysia.ru