Киир

Киир

Бэҕэһээ Кэбээйи улууһун Сайылык сэлиэнньэтигэр олохтоохтор оскуола тутуутун туруорсан миитиҥҥэ тахсыбыттара. Бүгүн биир дойдулаахтарын кыһалҕаларын Михаил Эверстов Ил Түмэҥҥэ  эмиэ көтөхтө:

— Бэҕэһээҥҥи миитини истибит буолуохтааххыт. Улуус биир бөдөҥ нэһилиэгэр – Мукучуга саҥа оскуоланы тута сатаабыттара 3 сыл буолла. Үс сыллааҕыта сыбаайаны түһэрбиттэрэ, аны туран урукку оскуоланы , интэринээти, мастарысыкыайы көтүрбүттэрэ. Инньэ гынан бу оскуола үөрэнээччилэрэ хас да сиринэн үөрэнэргэ күһэллэллэр. Мин икки кэмитиэккэ бу оскуоланы тутууга үбү көрдөрөргө көрдөһөн туруорсубутум да, ааспатаҕа. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ оскуола тутуутун өйүүр. Оттон туһааннаах министиэристибэ тустаах үлэтин быһаарарга кыһаллыбат, кумаардаан да көрбөт. Мин ити миниистири аатын ааттаан туран, "итэҕэлэ сүттэ, үлэтин кыайбат" диэн үүрдэрэргэ туруорсуох санаам кэлэр. Ол эрээри, оннукка тиийбэтэрбит ханнык. Дьону кыынньаабакка, миитиҥҥэ тахсыахтарыгар дылы тиэрдибэккэ, оскуола тутуутун быһаарар кэммит кэллэ.

Бүтэһик сонуннар