Киир

Киир

Ил Түмэн онус ыҥырыылаах мунньаҕар “Сиэрдээх Арассыыйа” баартыйаттан норуот дьокутаата Сулустаана Мыраан бүддьүөккэ уларытыылары киллэрэр сокуон барылын дьокутааттар ылымматтарыгар ыҥырда:

— Ытыктабыллаах кэллиэгэлэр! Бары да тыаттан силистээх-мутуктаах дьоммут. Оттон билиҥҥи туругунан, эһигини тыа сирин көмүскүүр санаата суох олорор курдук көрөбүн. 202-с уураах тохтотуллубута, ол эрээри араас оптимизация, реорганизация ыытыллан тыабыт сирин эһэн эрэр ээ! Онуоха бырабыыталыстыба норуот санаатын учуоттаабат, ылла да сабар эрэ ааттаах олорор. Мин Өлүөхүмэ улууһугар сайыны быһа 54 нэһилиэнньэлээх пуун баарыттан 49-гар сырыттым. Онно сылдьан оптимизация алдьархайын илэ харахпынан көрөн сонньуйан олоробун. Тыа сиригэр 2-3 да үлэ миэстэтин сарбыйдахха дьон көһөн барыа. Билигин мин биир эрэ быыһыыр түгэни көрөн олоробун: бу уларытыллыбыт бүддьүөтү бырабыыталыстыба аһаҕастык отчуоттуор дылы ылыныа суохха! Биһиги тыабыт сирин кыайан быыһаабат буоллахпытына, уопсайынан манна тугу гына олоробутуй?

Бүддьүөккэ уларытыылары киллэрэр туһунан сокуон барылын дьокутааттар ылыннылар. 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар