2009 сыл алтынньы 21 күнүгэр дойду бэрэсидьиэнин ыйааҕынан Саха судаарыстыбаннай университетын олоҕор Хотугу-Илиҥҥи федеральнай университет тэриллибитэ.
Ол кэмтэн ыла номнуо уон сыл ааһа оҕуста. Билигин манна 18 тыһ тахса устудьуон үөрэнэр. Өскөтүн 2010 сыллаахха 187 идэҕэ үөрэтэр эбит буоллахтарына, билигин устудьуоннар 465 араас идэҕэ үөрэнэллэр.
