Киир

Киир

Бэс ыйыттан атырдьах ыйыгар диэри көрдөрүү түмүгүнэн, үлэтэ суох буолууга саамай намыһах көрдөрүүлээх Москуба куорат, оттон саамай улахан көрдөрүүлээх – Ингушетия. Дойду үрдүнэн үлэтэ суох буолуу орто көрдөрүүттэн 38 эрэгийиэҥҥэ намыһах. Бу туһунан “РИА Новости” чинчийиитигэр суруллар.

Бу сыл бэс ыйыттан атырдьах ыйыгар диэри нэһилиэнньэ үлэлиир араҥата 75,5 мөл киһи. Олортон 3,3 мөл киһи үлэтэ суохтар ахсааныгар киирсэллэр. Бу ааспыт сылга холоотоххо — намыһах. Ол курдук, былырыын үлэтэ суохтар ахсааннара 3,5 мөл киһи этэ.

Росстат чинчийбитинэн, бу сыл атырдьах ыйыгар үлэтэ суох 3,3 мөл киһиттэн 24 % — 25-гэр диэри саастаах ыччат уонна 18,1 % — 50-тэн үөһэ саастаах дьон. Оттон үлэтэ суохтар орто саастара – 35. Бу кэмҥэ, дьон ортотунан 7,2 ый тухары үлэ көрдөөбүт. Ол эрэн, 25,2 % үлэтэ суохтар 12 уонна онтон элбэх ый үлэ көрдөөбүттэр.

Тыа сиригэр үлэ булар уустуктардаах. Ол курдук, 1,1 мөл үлэтэ суох тыа олохтоохторуттан 26,3 % 12 ый үлэ көрдөөбүттэр. Оттон 2,2 мөл куорат олохтоохторуттан 19,8 % үлэ көрдүүргэ ыарахаттары көрсүбүттэр.

Бүтэһик сонуннар