Киир

Киир

Госдума бастакы ааҕыыга дойдуга олорор төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах омуктары учуоттуур туһунан сокуон барылын ылынна. Бу туһунан Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктары ааҕыыны (учуоттааһыны) ФАДН (федеральное агентство по делам национальностей) ыытыаҕа.

ФАДН салайааччытын солбуйааччы-статс сэкэрэтээр Анна Котова иһитиннэрбитинэн, 2010 сыллааҕы биэрэпис түмүгүнэн, Арассыыйа 35 эрэгийиэнигэр 316 тыһ. аҕыйах ахсааннаах төрүт омук бэрэстэбиитэлэ олорор. Кини этэринэн, бу омуктар бырааптара РФ Төрүт сокуонунан бигэргэммит, ол эрээри бу омуктары идентифкациялыыр механизм сокуоҥҥа суох.  Ол иһин, саҥасокуон барылыгар бу омуктарга кимнээх киирсэллэрин быһаарар механзимнар тобуллаллар.

“Бу испииһэккэ киллэриини-таһаарыыны кинилэр баҕа өттүлэринэн көрөн оҥоһуллуоҕа. Онуоха айабылыанньаны биэрээччи аҕалар докумуона, былаас толорор уорганнара, олохттох салайыныы уонна КМНС общиналара биэрэр докумуоннара учуоттаныахтара”, - диэн суруллар.

Бу иннинэ Ил Түмэн КМНС боппуруостарыгар  уонна Арктика дьылалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева Анна Котованы кытары көрсүбүтэ. Онуоха Елена Голомарева КМНС бэрэстэбиитэллэрэ “биһигини төрүт дьарыкпытынан быһаччы дьарыктаммаппытын уонна төрүт сирбитигэр олорбоппутун иһин КМНС испииһэгиттэн таһаараары гыналлар” диэн долгуйалларын кэпсээбитэ. Онуоха Котова ити боппуруоһу быһаарарга Ил Түмэн уонна Госдума дьокутаата Галина Данчикова кыттыһан оҥорбут этиилэрин Госдумаҕа сокуоҥҥа уларытыы быһыытынан киллэрэллэрин өйөөбүтэ. Маны сэргэ, Саха сирэ уолнна ФАДН сокуон барылын оҥорууга салгыы  бииргэ кыттыһан үлэлиири күүһүрдэргэ эппиттэрэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар