5-с №-дээх Федеральнай Нолуок сулууспатын салаатыгар физическэй сирэйдэргэ аналлаах аһаҕас аан күннэрэ ыытыллаллар.
Сэтинньи 7, 14 күннэригэр Дьокуускай куорат, 202-с түөлбэ, 23 куорпуһун операционнай саалатыгар буолуоҕа. Аһаҕас аан чэрчитинэн баай-дуол, дохуот нолуоктарын туһунан уонна нолуок уорганнарыгар өҥөнү оҥоруу хаачыстыбатын сыаналааһын туһунан кэпсиэхтэрэ. Нолуок сулууспатын исписэлиистэрэ ким, хаһан, хайдах нолуогун төлүөхтээҕин, ханнык муниципальнай тэриллиилэргэ чопчу чэпчэтии баарын туһунан сиһилии кэпсиэхтэрэ уонна ыйытыыларга эппиэттиэхтэрэ.
Баҕалаахтар интэриниэт нөҥүө тус кэбиниэккэ хайдах бэлиэтэнэргэ үөрэниэхтэрэ. Онуоха пааспардаах кэлэргитин умнумаҥ.