Киир

Киир

“Полярные авиалинии” АХ “Якутия” авиа хампаанньаттан алта Ан-24  сөмөлүөтү ылла. Онон 26 оройуоҥҥа эриэйсэлэр оҥоһуллар кыахтаннылар. Бу туһунан хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Кыһыҥҥы эриэйсэлэргэ Өлүөхүмэ, Жиганскай уонна Ленскэй оройуоннара киирбиттэрэ. Ону таһынан, Ньурбаҕа, Зырянкаҕа уонна Сунтаарга диэри эриэйсэлэр ахсаана элбээтэ.

Билигин хампаанньаҕа 12 Ан-24 сөмөлүөт баар буолла. Уопсайа 63 көтөр аалы үлэлэтэр: 27 бөртөлүөт уонна 36 сөмөлүөт. Инники сылларга сэттэ “Ансат” бөртөлүөтү, уон L-610 уонна үс Ил-114-300 сөмөлүөттэри ылар.

 News.Ykt.Ru

Санааҕын суруй