Бүгүн, ахсынньы 5 күнүгэр “Арассыыйа Почтата” сүрүн почтамыгар үгэскэ кубулуйбут “Үтүө санаа харыйата” аахсыйа ыытылынна. Бу аахсыйа чэрчитинэн, биллэр-көстөр дьон босхо сурутууну бэлэхтииллэр. Санатар буоллахха, ахсынньы 2-12 күннэригэр чэпчэтиилээх сурутуу ыытылла турар.
Мустубут дьону "Туймаада" ансаамбыл ылбаҕай ырыатынан эҕэрдэлээтэ.
Саха сиригэр саамай элбэх сурутааччылардаах “Кыым” хаһыакка СӨ Инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна инфокоммуникация технологиятын миниистирин солбуйааччы Чокуур Гаврильев министиэристибэ аатыттан сахалыы таба суруйуу тылдьытын бэлэхтээтэ.
“Ситим” медиа-бөлөх таһаарыыларыгар: “Күрүлгэн” уус-уран альаманахха М. Санников суруйтарда уонна бу күннэргэ 100 сааһын бэлиэтээбит саха норуоднуай поэта Леонид Попов “Саныыбын төрөөбүт алааспын” ырыатын толордо. “Хатан” ыччат сайдам сурунаалыгар Алексей Михайлов – Өттүк Леха үөрэммит Одьулуунун оскуолатыгар сурутан бэлэх уунна. СӨ Конституционнай суута бу аахсыйаҕа куруук үөрүүнү кытары кыттар. Бу да сырыыга туора туран хаалбатылар, кинилэр “Кыымҥа” уонна “Спорт Якутии” хаһыаттары Горнайдааҕы кырдьаҕастар дьиэлэригэр суруттардылар. Үп министиэристибэтэ Ньурба Маарыгар баар сокуоннай саастарын туола илик оҕолору реабилитациялыыр социальнай Кииҥҥэ “Бэлэм буол+” оҕо хаһыатын сурутан бэлэх ууннуллар. Ааҕыыны көҕүлүүр, бу аахсыйаны өйөөбүт дьоммутугар махталбыт муҥура суох.
Түмүккэ уйулҕа үөрэхтээҕэ, бибилэтиэкэр Татьяна Никифорова - Тайаана бэчээт эйгэтэ - хаһыат, сурунаал — омук култуурата, тыла-өһө сайдарыгар, үйэтийэригэр сүҥкэн суолталааҕын этэн туран, алгыс тылларын анаата.
Сурутуу хампаанньатыгар маннык үтүө тэрээһини сыллата таһымнаахтык ыытар “Арассыыйа Почтата” ФГУПка махталбытын тиэрдэбит.