Киир

Киир

Сэрии оҕолорун туһунан сокуоҥҥа көннөрүүнү Ил Түмэн мунньаҕын бастакы ааҕыытыгар ылыннылар. Саҥа сокуон бырайыагынан, 1945 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри сокуоннай саастарын туолбатах  дьону барыларын киллэрдилэр.

Урут сэрии оҕолоро категорияҕа 1945 сыл балаҕан ыйын 3 күнүгэр диэри сокуоннай саастарын туолбатах дьон киирбиттэрэ.

Алтынньы 1 күнүнээҕи көрдөрүүнэн 12,5 тыһ киһи дастабырыанньа ылбыт. Норуот дьокутаата Антонина Григорьева иһитиннэрбитинэн, эбии 887 киһиэхэ льгота бэриллэр. Бу  Тверской, Ульяновскай уобаластарга, Удмуртскай өрөспүүбүлүкэҕэ, Ненецкэй автономнай уокурукка олохтоммут.

2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн олоххо киирэр  сокуонунан, сэрии оҕолоро уочарата суох мэдиссиинэ өҥөтүнэн туһанар кыахтаналлар. Ол иһигэр диспансеризация эмиэ киирэр. Ону таһынан, харчынан көмө ылыахтара.

ysia.ru/

Бүтэһик сонуннар