Киир

Киир

Hi-Tech Mail.ru. бырайыак быһаарбытынан, Арассыыйа олохтооҕун 57 %-на Саҥа дьыл саамай туһата суох бэлэҕинэн саҥа үүммүт сылы бэлиэтиир араас сувенирдары, өйдөбүнньүктэри ааҕар, 52 %-на – сымнаҕас оонньуурдары, 49 %-на – ыйааһыны (ол ыйааһыны эмиэ бэлэхтиир буоллахтара дуу?), 48 %-на – мыыланы, 45 %-на – массаастыыр ковригы, 42 %-на – биткоины, 40 %-на – косметика нобуорун, 38 %-на – соттору...

Гаджет уонна электроника чааһыгар, “саамай туһата суох” бэлэхтэр кэккэлэригэр электро-бириитибэ, оонньуур консоль, мусукаалынай холуоҥка, электроннай кинигэ, навигатор, экшн-камера, видеокамера, пылесос робот, наушник уонна фотоаппараат киирбиттэр.

Ырытыы көрдөрөрүнэн, Арассыыйа хас 5-с олохтооҕо Саҥа дьылы бырааһынньыктыыр, бэлэх ылар, ыраах айанныыр туһугар кирэдьиит ылаары оҥостор.