Британияҕа Пол Краш диэн 42 саастаах почтальон Ороһуоспа суруктарын уонна бэлэхтэрин тарҕатар сыралаах үлэни тулуйбакка сүрэҕэ тохтоон өллө.
Бу киһи почта суруктарын уонна баһыылкаларын тарҕатар сулууспаҕа суоппардыыр эбит. Ороһуоспа бырааһынньыга буолан (католиктар Ороһуоспаларын ахсынньы 25 күнүгэр бэлиэтииллэр), Полу “биир күн иһигэр уруккуҥ курдук 100 баһыылканы буолбакка, 240-ну тарҕатаҕын!” диэн дьаһайбыттар. Бу эрэйдээх оннук ыарахан усулуобуйаҕа, 7 нэдиэлэ устата сууккаҕа 12-лии чаас үлэлээн баран, биирдэ “хоос” гынан хаалбыт.
Бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ Пол ойоҕор уонна икки оҕотугар анаан аһымал пуондатын тэрийбиттэрин суруйаллар.
Эрэйдээх үтүө да үлэһит эбит. Биһиги почталарбыт эмиэ оннук үлэлииллэрэ буоллар, муҥ саатар хаһыат кэмигэр тиийиэ этэ.