Киир

Киир

Тохсунньу 13 күнүгэр Арассыыйа суруналыыстара идэлээх бырааһынньыктарын – Бэчээтин күнүн бэлиэтииллэр. 1703 сыллаахха Бүөтүр I ыйааҕынан Москубаҕа аан бастакы “Ведомости о военных и иных делах, достойных знания и памяти, случившихся в Московском Государстве и во иных окрестных странах” диэн хаһыат тахсыбыта.

Суруналыыстыка – гражданскай уопсастыба биир сүрүн туллар тутааҕа. Суруналыыстар көмөлөрүнэн уопсастыба буола турар быһыыны-майгыны биир бастакынан билэр, түмүк оҥостор. Суруналыыстар ууну-уоту ортотунан, туохтан да чаҕыйбакка, оннооҕор олохторун олук ууран туран сытыы суруйуулар иһин кимиэллээхтик киирсэллэр.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр эрэ буолбакка, бүтүн дойдуга бэчээт үлэһиттэригэр уустук кэм бүрүүкээн турарын, күндү ааҕааччыларбыт, бэркэ билэҕит. Сылтан сыл хаһыат, сурунаал ахсаана курулаан түһэ турар. Аҕа саастаах дьоммут этэллэринэн, аахпат көлүөнэ үөскээн эрэр. Эбэн эттэххэ, Сэбиэскэй былаас үгэннээн турар кэмигэр “Кыым” хаһыат муҥутаан 60-ча тыһ., “Хотугу сулус” сурунаал, “Бэлэм буол” уонна “Эдэр коммунист” хаһыаттар 30-чалыы тыһ. тираһынан тахсар этилэр. Улахан улуустар хаһыаттара урут ортотунан 3-түү, 2-лии тыһ. ахсаанынан тахсар эбит буоллахтарына, билигин 1 тыһ. тиийэр тиражтаах хаһыат да аҕыйах ордон хаалла. Чэ, бу туһунан киһи ырытан бардаҕына, түгэҕэ көстүбэт уһун унньуктаах туспа кыһалҕа...

Хаһыаты, сурунаалы бэлэмнээн таһаарар бэчээт эйгэтин үлэһиттэрин бырааһынньыккытынан эҕэрдэлиибит! Сыралаах үлэҕит үтүө түмүктээх, эрэллээх ааҕааччылардаах буоларгытыгар баҕарабыт!

Күндү ааҕааччыларбыт, биһиги эһиэхэ анаан үлэлиирбитин, түбүгүрэрбитин, интэриэһинэй матырыйааллары бэлэмниирбитин умнумаҥ! Эһиги баар буолаҥҥыт, хаһыат, сурунаал, саайт баар!

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар