Киир

Киир

Бу туһунан "Мииринэй куората" муниципальнай тэриллии саламтата хас да төгүл биллэрэн турар.

Бастатан туран, бу тутууну ханнык хампаанньа үбүлүүргэ бэлэмин биллэрэбин. Ол "Сүлдьүкээрнефтегаз" хампаанньа буолар. Тутуу Мииринэй куорат 25-с кыбаарталыгар дьэндэйиэхтээх, ол эбэтэр куорат арҕаа диэки эҥэригэр. Өктөөп 50 сылын аатынан уулусса оройуона буолар.

Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ сахалыы быһыылаах, моһуоннаах буолуоҕа. Арчы дьиэтигэр маарынныыр ис-тас нөрүөннээх, оһуордаах-мандардаах, киэргэтиилээх буолара торумнанар. Манна Мииринэй куоратыгар олохсуйан олорор араас омук дьоно бэйэлэрин төрүт уус урамньыларын, айымньыларын кэрэһэлиир хосторо баар буолуохтара. Ону таһынан, араас кэрэ-бэлиэ тэрээһиннэр, кэнсиэрдэр, бырааһынньыктар ыытыллыахтара.

 

Интэриниэт хаартыската

Станислав Алексеев, Мииринэй куората.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар