Киир

Киир

Саталга” оскуола тутар туһунан былаанныыллар. Ил Дархан Айсен Николаев социальнай ситимҥэ аһаҕас эфиргэ, куорат таһынааҕы түөлбэлэр инфраструктураларын сайыннарар туһунан эттэ.

 Ол курдук, “Саталга” оскуола тутар туһунан  иһитиннэрдэ. Ил Дархан кэпсииринэн, куорат баһылыгын Сардана Авксентьеваны кытта кэпсэтии номнуо ыытыллар. Киин куоракка саҥа оскуолалары тутуу боппуруоһа сытыытык турар. Тоҕо диэтэххэ, баар оскуолаларга миэстэ олох суох.

Ол курдук, чааһынай сиэктэргэ оскуола тутуутун боппуруоһа турбута ыраатта. Манна элбэх оҕолоох ыалларга бэриллибит учаастактар инфраструктуралара тэтимнээхтик оҥоһуллар. Ол иһин инникитин  уһуйаан, мэдиссиинэ тэрилтэтэ баар буолуохтаах.

Онон сэдиптээн Айсен Николаев киин куорат соҕуруу эҥэрин сайдыытын эмиэ таарыйда. Манна канализация, уот, гаас ситимэ, кэлин олорор дьиэлэр баар буолуохтаахтар.

Ону таһынан, Жатайдааҕы балыыһа салайааччыта Иван Луцкан, судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлээһин бырагыраамматынан, биир дьиэҕэ тус-туспа киирэр ааннаах оскуола, уһуйаан уонна  амбулатория тутарга этии киллэрдэ. Ил Дархан бу этиини биһирээтэ.

ysia.ru/