Киир

Киир

7-с №-дээх Табаҕатааҕы холуонньаҕа УФСИН начаалынньыгын солбуйааччы Сергей Богачев, холуонньа начаалынньыга Владимир Игнаткин Табаҕа сэл. дьаһалтатын баһылыгын Виктория Паланычканы, олохтоох урбаанньыттары кытары холуонньа сэлиэнньэҕэ ханнык үлэҕэ кыттыһыаҕын сөбүн туһунан дьүүллэстилэр.

Кэпсэтиигэ холуонньа оҥорон таһаарар секторын бородууксуйатын батарыы туһунан эмиэ дьүүллэстилэр. Ол курдук, хаайыы бэкээринэтигэр астанар килиэби Табаҕа маҕаһыыннарыгар батарар туһунан эттилэр. Урбаанньыт Араз Гайдаров холуобньа оҥорон таһаарар килиэбин олохтоохтор сэҥээрбиттэрин туһунан кэпсээтэ. Инньэ гынан, бэкээринэ аһын арааһын кэҥэтэн,салгыы маҕаһыыннарга батарарга сүбэлэстилэр. Хаайыылаахтар Табаҕа сэлиэнньэтин тупсарыыга үлэлиэхтэрин сөбүн, хаайыылаахтар оҥорор миэбэллэрин, ыскамыайкаларын, тигэр таҥастарын нэһилиэньэҕэ батарыахтарын, бөҕү-саҕы ыраастааһыҥҥа үлэлэһэр кыахтаахтарын эттилэр. Инньэ гынан, холуонньа олохтоохторо уопсастыбаҕа туһалаах үлэни ыыталларыгар улахан хардыы оҥоһулунна диэн УФСИН Саха сиринээҕи управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.