СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова, Оҕо инфекционнай клиническэй балыыһатын кылаабынай бырааһа Владимир Богдашин тумуу дьаҥын уонна ОРВИ итиэннэ биһиги эрэгийиэммитигэр коронавирус тарҕаныан сөптөөҕүн тула билиҥҥи балаһыанньа туһунан иһитиннэрдилэр.
Күн бүгүн ОРВИ эмтэтэн 22 киһи балыыһаҕа көрдөрөммүт. Кинилэр бары Азия дойдуларыттан кэлбиттэр. Олортон 13 киһиэхэ чинчийии түмүгүнэн коронавирус суох диэн быһаарбыттар. 9 киһи анаалыһын кэтэһэллэр. Анаалыстары тута ылан иһэллэр эбит.
“Балаһыанньа нус-бааччы. Билигин 11 киһини медиктэр кэтээн көрөллөр. Бу өрөбүлгэ тэнитиллибит обсерватор билиҥҥитэ наадата суох, кураанахсыйан турар. Сарсын балыыһалар ЫБММ уонна Роспотребнадзор кыттыылаах үөрэтиини ыытыахтаахтар. Кинилэр коронавирус кэлэр түгэнигэр хайдах дьаһаныахтаахтарын тобулуохтара”, - диир Елена Борисова.
“Биһиги балыыһабыт урут хайдах үлэлии турбутун курдук үлэлии турар. Дьокуускайга ааспыт нэдиэлэттэн тумууттан уонна ОРВИннан 4600 киһи ыалдьыбыт, олортон 82 бырыһыана – оҕолор. Ордук 3-6 уонна 7-14 саастаах оҕолор ыарытыйаллар. Былырыыҥҥыга холоотоххо, быйыл тумуулааччы таһыма аччыгый”, - диэн Владимир Богдашин бэлиэтээтэ.
Кини этэринэн, билигин балыыһаҕа анаалыһынан бигэргэтиллибит 35 оҕо тумуулаан сытар, оттон былырыын 100-тэн тахса оҕо эбит. Тохсунньу саҥатыттан Азия дойдуларыттан кэлбит 3 оҕо көрдөрөүммүтэ. Икки оҕо үтүөрэн тахсыбыта, биир оҕо анаалыстарын кэтэһэн карантиҥҥа сытар.
Елена Борисова Соҕуруулуу-Илиҥҥи Азия дойдуларыгар барартан туттунарга ыҥырар.