“Дьокуускай” аэропорда улуу суруйааччы Былатыан Ойуунускай аатын сүгэр буолбутунан, аэровокзалга суруйааччы мэтириэтэ ыйанна.
Бу туһунан аэропорт генеральнай дириэктэрэ Сергей Игнатенко “Instagram” социальнай ситимҥэ суруйбут.
“Аэропорт дьиэтин “ребрендиҥа” ааспыт сылтан саҕаламмыта. Үс төбөлөөх хотой ойуулаах саҥа логотиптанныбыт. Ону таһынан, корпоративнай атрибутика уонна терминал таһыгар ыйанан турар дуоска саҥардылынна. Аэропортка киириигэ ыйар стела оҥоһулунна”, — диэн Сергей Игнатенко суруйбут.