Киир

Киир

Сир үрдүгэр саамай кырдьаҕас саастаах дьоппуон оҕонньоро Ватанабэ Титацу олунньу 23 күнүгэр 112 сааһыгар күн сириттэн күрэммит.

Кини Ниигата префектураҕа кырдьаҕастар дьиэлэригэр олорон өлбүт. Өлүөн икки нэдиэлэ иннинэ, олунньу 12 күнүгэр кинини "Сир шарын саамай аҕа саастаах киһитэ" диэн Гиннес рекордун кинигэтигэр киллэрбиттэрэ.

Ватанабэ 1907 сыллаахха кулун тутар 5 күнүгэр бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. 20 сааһыгар Тайваҥҥа көһөн тиийэн 18 сыл олорбут, ол кэннэ дойдутугар төннүбүт. Кини иннинэ аан дойдуга саамай саастаах киһиннэн эмиэ дьоппуон Масадзо Нонака ааҕыллар этэ. Кини Хоккайдо арыытыгар олорбута, былырыын тохсунньу 20 күнүгэр 113 сааһыгар өлбүтэ.

Санааҕын суруй