Муус устар 8 күнүгэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин хоруона-вируһун балаһыанньатын туһунан номнуо үһүс туһаайыытын иһитиннэрдэ. Бу сырыыга ордук урбааны өйүүр миэрэлэр уонна доруобуйа харыстабылыгар болҕомтотун уурда.
– Хоруона-вируһунан ыалдьыбыт дьону эмтиир быраастар федеральнай бүддьүөттэн үс ый устата 80 000 солк диэри эбии төлөбүрү ылыахтара. Оттон суһал көмө быраастара — 50 000 солк, биэлсэрдэр, суоппардар — 25 000 солк.
– Быраастарга байыаннай сулууспалаахтарга курдук эбии страховой гарантия оҥоһуллуо. Ол туһунан сиһилии кэпсээбэтэ.
– Кыра уонна орто бизнес страховой төлөбүрүн сыл аҥаара уһатан биэриэхтэрэ.
– Бырабыыталыстыба уонна Киин баан (ЦБ) биэс күн иһигэр бизнеһи өйүүр эбии бырагыраамма бэлэмниэхтэрэ.
– Бырабыыталыстыба ипотекалаах уонна потребительскэй кирэдьииттээх дьоҥҥо көмө оҥорор боппуруоһу өссө төгүл көрүөҕэ.
– Үлэтэ суох хаалбыт дьон сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолоругар үс ый устата 3-түү тыһ солк төлөнүөҕэ.
– Үлэтэ суох буолуу босуобуйатын дьиэҕэ олорон оҥотторуохха сөп буолуоҕа. Дьарыктаах буолуу киинигэр кулун тутар 1 күнүн кэнниттэн турбут буоллахтарына, муус устарга, ыам ыйыгар уонна бэс ыйыгар үлэтэ суох буолуу босуобуйатын 12 130 солк ылыахтара.
Муус устар 8 күнүнээҕи көрдөрүүнэн дойду үрдүнэн 8672 киһи ыалдьыбыт, 63 киһи өлбүт.