Киир

Киир

Бу күннэргэ Чурапчы — Ытык-Күөл хайысханан ВОЛС сибээс лииньийэтэ тардыллан түмүктэннэ. Билигин бэрэбиэркэлиир үлэлэр ыытыллаллар. Бу туһунан “Эксперт” ГК пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

ВОЛС лииньийэтин уопсай уһуна 97 км тэҥнэспит. Оптоволокно хаабыла Чурапчы, 1 Харбалаах, 2 Харбалаах, Кыйы, Чөркөөх, Боробул, Ытык-Күөл нэһилиэктэрин ситимниир.

Барыллааһын быһыытынан муус устар 15 күнүттэн олохтоохтор түргэн Интэриниэккэ холбонон барыахтара.

Бүтэһик сонуннар