Киир

Киир

Эһигини Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Бу ураты суолталаах күҥҥэ барыбыт баҕабыт биир – өрөспүүбүлүкэбит этэҥҥэ буоллун, чэчирии сайыннын!

Билигин төһө да уустук быһыы-майгы тирээн турдар, биһиги бары хас биирдиибит Саха сирин олохтооҕо, үүнэр көлүөнэ этэҥҥэ буоларын туһугар өрөспүүбүлүкэбитин сайыннарарга дьулуһабыт! Аан дойдуну аймаабыт кутталлаах дьаҥы биир сомоҕо буоламмыт этэҥҥэ туоруохпут. Ону туораатахпытына – сайдыы саҥа суолугар үктэниэхпит.

Маннык тургутууттан бөҕө санаалаах, түмсүүлээх, сомоҕо күүстээх тахсыахпыт диэн эрэнэбин! Биир дойдулаахтарбар, өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторугар чөл туругу уонна этэҥҥэ буолууну, дьолу, тапталы, ситиһиини уонна сайдыыны баҕарабын! Бырааһынньыгынан күндү доҕоттор! Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн!

@nikolaev_aisen

Санааҕын суруй