Киир

Киир

Арассыыйаҕа ыам ыйын ортотугар үлэтэ суох дьон ахсаана икки төгүл элбээбит. Ол курдук 1,4 мөл тахса киһи буолбут. Бу туһунан вице-премьер Татьяна Голикова Бырабыыталыстыба дьиэтигэр брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

Дойду үрдүнэн үлэтэ суохтарга бэлиэтэммит дьон ахсаана 725,8 тыһ киһиттэн 1,434 мөл киһиэхэ диэри элбээтэ. Ол аата 97,6 % элбээбит”, – диэн эттэ.

2020 сыл кулун тутар 1 күнүттэн үлэлээх буолуу сулууспа уорганнарыгар үлэ көрдөөн эбэтэр босуобуйа ылаары 1,654 мөл киһи сылдьыбытын бэлиэтээтэ.

РФ үлэҕэ уонна социальнай харысхалга миниистирэ Антон Котяков эрдэ иһитиннэрбитинэн, муус устар 15 күнүгэр үлэтэ суохтарга 735 тыһ киһи турбут.

 

Санааҕын суруй